Эрчимэн "оттубут уотун кыымнара" Холгумаҕа

Араадьыйанан биэрии дирекциятын политика уонна экономика программаларын айар холбоһугун редактора, Саха араадьыйата 70, 75, 80 сылларыгар анаан, “Радио долгуннара” уонна  «Микрофон включен» кинигэлэри түмэн таһаарбыт  саха радиотын журналиһа, биһиги оскуолабыт мецената Петрова Валентина Дмитриевна сыл аайы кэрэ кэпсээн кэһиилээх, үтүө ыллык санаалаах, биһиэхэ ыалдьыттыы  кэлэн, ийэтин аатынан стипендияны туттарар үтүө үгэстээх. Быйыл Валентина Дмитриевна оскуолабытыгар меценат буолбута 15 сылын туолла.
Кини төрөппүттэрэ Елена Петровна уонна Дмитрий Семенович Николаевтар оҕолорун ханнык да үлэттэн толлон турбат үлэһит, “Үлэттэн салҕыбат, дьулайбат киһи олоххо бэйэтин миэстэтин булар” диэн санаанан салайтаран, сиэрдээх буоларга иитэн-такайан таһаарбыттарын олус истиҥник махтанан ахтар.
Валентина Дмитриевна ийэтэ Елена Петровна Николаева оҕо эрдэҕиттэн тулаайах хаалан, дьоҥҥо иитиллэн, сэрии сылларыгар колхоз үлэтигэр харса суох үлэлээбит, урукку кэм ураты уһаарыылаах көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ, тыыл, үлэ ветерана, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээл кавалера, эргиэн туйгуна, үлэһит бастыҥар анаан олохтообут стипендиятын сыл аайы оскуола бастыҥ үөрэнээччилэригэр, үлэһит оҕолорго диэн туттарар.
Ийэтин аатынан бастакы стипендиятын 2010-2011 үөрэх дьылыгар туттаран саҕалаабыта. Билигин барыта 31 оҕо стипендиат буолла.
Валентина Дмитриевна өрүү саха суруйааччыларын, хаһыат, радио журналистарын илдьэ тахсан, оскуола, нэһилиэк иһигэр киэҥ сэҥээриини таһаарар.
Ол курдук, урукку кэмнэргэ поэт, прозаик, критик, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданина Семен Андреевич Попов – Сэмэн Тумат, Винокуров-Урсун,  олус интириэһинэй дьону сирэй билсэр, элбэх олимпиадаларга сылдьыбыт, “ Ньургуһун ” бырааһынньыгын төрүттээччи, Саха сирин биллэр, кэрэхсэнэр журналиһа  Иван Петрович Ушницкай,  саха араадьыйатын дикторскай бөлөҕүн салайааччыта, журналист Сафронова Люция Ивановна,Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай архыыбын директорын солбуйааччы Степанова Наталья Степановна, эдэр ырыаһыт Надежда Захарова, «Знание» общество суруннуур лектора, медицинскэй наука кандидата, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай институт Доруобуйаны чинчийэр институтун сүрүн научнай сотруднига, быраас Неустроева Татьяна Семеновна («Киһи бэйэтин доруобуйатын тупсарар ньымалара» диэн тиэмэлээх) илдьэ тахсан, олус интэриэһинэй сүрэххэ сөҥөн хаалар көрсүһүүлэри тэрийбитэ  кэрэхсэбиллээх. Валентина Дмитриевна төрөппүт уола, Москватааҕы гаас уонна ниэп университетын кыһыл дипломунан бүтэрэн, билигин Москваҕа үлэлии сылдьар Айуолан Никифорович Петров олоххо бэйэтин көрүүлэрин үллэстэн, киэҥ сэҥээриини таһааран, элбэх оҕо ыйытыктарыгар лоп-бааччы эппиэти ылан оҕолор астыммыттара. “Далбар хотун” сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Аита Шапошникова, Орто Халыма учууталлара, оскуола директордара Бандеров С.И., Шкулев П.П. ыалдьыттаабыттара.
Үтүө үгэһи быспакка, быйыл Валентина Дмитриевна көҕүлээһининэн, муус устар 14 күнүгэр оскуолаҕа Егор Петрович Шестаков- Эрчимэн үөрэнээччилэрэ, «Сэргэлээх уоттара» айар түмсүүттэн кынат анньынан тахсыбыт суруйааччылар Саргылаана Гольдерова- Саргы Куо, Августина Хабарова- Владимирова, учуутал, музыкант, режиссер, алгысчыт, поэт Виктор Павлович Стручков- Дуулаҕа Дьуһаал ыалдьыттаатылар. Оскуола оҕолорор суруйааччыларга оскуола устун экскурсия тэрийдилэр, оскуолаларын туһунан кэпсээтилэр, иэйэр куттаах ыччат «Сэргэлээх уоттара» айар түмсүү чилиэттэрин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Суруйааччылар айар үлэлэрин сырдаттылар, олоххо бэйэлэрин көрүүлэрин туһунан үллэһиннилэр. Айар эйгэ суолун аспыт учууталларын Егор Петрович- Эрчимэҥҥэ үөрэммит сылларын ахтан: «Үтүө киһи үйэлэргэ тыыннаах. Кини оттубут уотун кыымнара-биһиги, үөрэнээччилэрэ, кэлэн ыалдьыттыы олоробут», «Эһиги нөҥүө учууталбытыгар махталбытын, тапталбытын тиэрдэбит», «Үйэтитии ситиминэн үтүө киһи, учууталбыт Эрчимэн, салгын кутунан салаллан олоҕо салҕана турар...»- диэн оҕолорго долгуйан туран, хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр, кинилиин алтыспыт кэмнэрин кэпсээтилэр. Хас биирдиилэрэ оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэ бэлэх ууннулар. Көрсүһүүнү Дуулаҕа Дьуһаал алгыһынан түмүктээтэ. Ыалдьыттар учууталларын аатын сүгэ сылдьар оскуола сахалыы хайысхалааҕыттан олус астынан бардылар. Өссө да ииникитин «Сэргэлээх уоттара» түмсүүттэн кынат анньыммыт иэйэр куттаах дьону, суруйааччылары, учууталларын дойдутугар үтүө үгэс ситимин быспакка ыалдьыттатыахпыт, диэн эрэннэрдилэр.
Күндү ыалдьыттарбытыгар, ыччат дьон сайдарын туһугар үйэлээҕи эрэ түстүүр, кэскиллээҕи эрэ сайыннарар үтүө санааҕытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт баҕа санааҕыт барыта туоларыгар, ылсыбыккыт ыпсан истин, токуйдаабыккыт тобулла турдун! Уохтаах күүстээх санааҕыт умуллары билбэтин! Тиит мас курдук чэгиэн буолуҥ, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ олохсуйдун.
Бу курдук үтүө олохпут сиэрдээх ситимин быспакка кэнэҕэс кэнчээри ыччаттарбытыгар салгыы тиэрдэ туруоҕун!

14.04.2025