Холгумаҕа олоҥхо дэкээдэтэ
Сэтинньи 25 күнүгэр Саха Сиригэр национальнай бырааһынньык – Олоҥхо күнэ. Бу күн 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха эпоһын киһи-аймах материальнайа суох шедеврин быһыытынан билиммитэ. Олоҥхо — Саха норуотун былыргы эпоһын ускуустубата, саха фольклорун тиһигэр киин миэстэни ылар.
Холгумаҕа хас сыл аайы буоларын курдук олоҥхо дэкээдэтэ бэрт сэргэхтик ааста.
Үгэскэ кубулуйбут Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн араас өрүттээх тэрээһиннэр былааннанан ыытылыннылар. Дэкээдэни «Ньургун Боотур» олоҥхону нэһилиэгинэн күргүөмүнэн ааҕыынан саҕалаатыбыт. Олоҥхону нэһилиэк баһылыга Гаврил Степанович Ефимов ааҕан саҕалаата, нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара салҕаатылар. Холгума нэһилиэгин олохтоохторо, оҕолоро «Олоҥхо дьыктаана-2025» аахсыйыҕы көхтөөхтүк кытыннылар. Куйаар ситимин нөҥүө викториналар ыытылыннылар. Дэкээдэ «Мин олоҥхо оҕотобун» диэн улахан тэрээһининэн түмүктэннэ. Кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ мустан, бу дьоро күнү бэлиэтээтибит. Бу күн «Олоҥхо оҕо хараҕынан» биирдиилээн уруһуй күрэҕэ, олоҥхону толорооччуларга күрэх ыытылынна. “Мин өбүгэм иһитэ- хомуоһа, туттар мала- сала” иһит- хомуос, мал- сал быыстапка, «Олоҥхо- норуот тылынан уус- уран айымньытын чыпчаала» кинигэ быыстапката турдулар. Маны таһынан олоҥхототтон тургутуктар, саха төрүт көрүҥнэригэр күөн- күрэс ыытылыннылар. Холгума нэһилиэгин олохтооҕо Галина Нестерева- Дайаана оҕолорго «Сэттиэлэ» сахалыы остуоруйатын сүрэхтээтэ, алын сүһүөх оҕолоругар бэлэх туттаран ыыталаата. Оҕолор, олохтоохтор көхтөөхтүк кыттаннар грамоталарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Саха тыла, саха төрүт үгэһэ, аан дойдуга сүппэт албаһа - биһиги олоҥхобут. Ону биһиги өйүүбүт, тутуһабыт, инники көлүөнэҕэ ытыктыырга, киэҥ туттарга үөрэтэбит.

03.12.2025