Айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ: Таҥха

Тохсунньу ый — сыл бастакы ыйа, кыһын оройо, тымныы өрөгөйө. Ый саҕаланыытыгар, үгэс курдук, күнү уһатардыы былытырар үгэстээх. Күнү-дьылы билгэлээччилэр тохсунньу ыйы от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тохсунньуга тымныйдаҕына, от ыйыгар кураан буолар. Оттон хаардаах, былыттаах буоллаҕына, ардахтаах ыйы күүтэллэр. Хараҥа бүрүүкүүр кэмигэр, дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр.
Ол курдук, сүллүүкүн таҕыстаҕына бит-билгэ дэлэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, биттэммит бит олоххо киирэр диэн этэллэр. Ити курдук таҥхаланыы диэн үөскээбит.
Былыр былыргыттан тохсунньуга биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллииллэрэ. Фольклор матырыйаалларыгар Дьылҕа Хааны, Чыҥыс Хааны, Одун Хааны кытта тэҥҥэ ахтыллар Айыылартан биирдэстэрэ. Таҥха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр билгэлэнэн инникилэрин торумнанан көрөллөрө. Онон Таҥха – Дьылҕа таҥараларыттан биирдэстэрэ, саха киһитин оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлэ. Былыр таҥхалааһын, билгэ, таайыы көрүҥэ элбэҕэ:
Аттар кэпсэтиилэрэ
Биһилэх көрүүтэ
Буосканан сэрэбиэй
Бүлүүһэ сүүрдүүтэ
Бүргэс сүүрдүүтэ
Иннэнэн сэрэбиэй
Кыыс оҕо дуу? Уол оҕо дуу?
Остуол хаамтарыыта
Таҥха иһиллээһин
Хаартынан сэрэбиэй

Тест

15.01.2026