Холгума оскуолатыгар
СӨ култууратын туйгуна, култуура ветерана, Аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы киинэ бэстибээлин лауреата, Саха сиригэр аан бастакынан уоттаах-күөстээх дискотеканы уонна ааспыт кэм ахтылҕанын санатар «Ностальжи» киэһэни тэрийсибит Василий Петрович Чупров буолар.
Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх, киһи туохха барытыгар, өбүгэлэрбит этэллэрин курдук, эрдэттэн ууруллубут – суруллубут суолунан кэлэр диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Бары сөбүлүүр ырыаһыппыт Эдьиий Марыына бииргэ төрөөбүт эдьиийин оҕото буолар. Хас биирдии саха киһитигэр төрдүгэр-ууһугар талааннаах ырыаһыттардаах, олоҥхоһуттардаах буолар, ол сыдьаана көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕэ.
1980 с. Кемероватааҕы култуура судаарыстыбаннай институтун бүтэрбит, онтон ыла талбыт эйгэтигэр сөбүлээн үйэтин тухары үлэлээбит . «Чахчы даҕаны идэҕин сөпкө таллаххына, киһи үйэтин-сааһын тухары дьоллоох буолар эбит. Мин үлэбиттэн дуоһуйан ыллыыбын, биэчэрдэри ыытабын, ийэм балта эдьиий Марыына 85 сааһыгар диэри сценаҕа ыллыы сылдьыбытын бары билэн эрдэххит. Кини биһиэхэ холобур буолар.» —диэн тыыннааҕыгар этэн турара.
Идэлээх фотограф быһыытынан, тус бэйэтэ түһэрбит биллиилээх артыыстарын, Сахабыт сирин кэрэ хатыламмат айылҕатын, ону таһынан өбүгэбит иһитин-хомуоһун кэлэр кэнчээри ыччакка билиһиннэрэр үлэлэрдээх .
Кулун тутар 17 күнүгэр Холгума нэһилиэгигэр Василий Петрович аатын үйэтитэр сыаллаах- соруктаах Саха Респүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Федоров Родион Иннокентьевич, Арассыыйа искусствотын үтүөлээх үлэһитэ Аржаков Никита Иннокентьевич, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ Адамова Саргылана Саввична, Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай библиотекатын үлэһитэ Борисов Василий Борисович, Чупров Иннокентий Иннокентьевич оскуолаҕа кэлэн ыалдьыттаан, кэпсэтэн бардылар. Василий Петрович фотоаппараттарын оскуола музейыгар бэлэх гынан ууннулар. Оҕолорго анаан национальнай библиотека үлэһитэ Ваилий Борисович искуственнай интеллект туһунан кэпсээтэ, маастар- кылаас көрдөрөн үөрэнээччилэр болҕомтолорун тардыан тарта. Ол кэннэ бары оллооноон олорон Василий Петрович чаҕылхай олоҕун аҕыннылар, кини сырдык аатын үйэтитэргэ туох үлэлэр ыытыллыахтарын сөбүн сүбэлэстилэр, оскуоланы кытта бииргэ ыкса үлэлэһиэх буоллулар. Тэрээһин түмүгэр оскуола оҕолоро бэйэлэрэ оҥорбут кытыйаларын ыалдьыттарга бэлэх туттардылар.

18.03.2026