Өркөн өй 2026
Муус устар 27 күнэ — саха дьонугар ураты суолталаах күн. 1922 сыл бу күн Саха автономнай Сэбиэскэй Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ. Биһиги Саха АССР төрүттэспит биллиилээх судаарыстыбаннай деятеллэрбит Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Степан Аржаков уонна кинилэр биир санаалаахтарын ааттарыгар сүгүрүйэбит.
Онтон 1992 сыллаахха, муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона (Конституцията) ылыныллыбыта. Билигин муус устар 27 күнүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн быһыытынан билинэбит.
Бу ураты суолталаах, историческай күнү көрсө Холгума нэһилиэгигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах «Өркөн өй» күөн- күрэс буолан ааста. Күрэххэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ, общественность хамаандалара кыттыыны ыллылар. Тыҥааһыыннаах киирсии түмүгүнэн, муҥутуур кыайыылааҕынан олохтоох дьаһалта «Мохсоҕоллор» хамаандатата буолла. Кыайыылаахатар грамоталарынан, кубогунан наҕараадаланнылар, хас биирдии кыттааччы туоһу сурук тутта.

Тест
23.04.2026