Ыам ыйын 22 күнэ – сайыҥҥы Ньукуолун күнэ
1. Бэлэмнэнии — ыам ыйын 21 күнэ — Чэчиэринньик
Ньукуолун иннинэ дьиэни-уоту хайаан да ыраастаныллыахтаах:
• Кир-хох, туһата суох мал-сал барыта барыахтаах.
• Түннүктэри сууйуу — сайыҥҥы күн сырдыга дьиэҕэ мэһэйэ суох киирэрин туһугар.
• Дьиэни-уоту арчылааһын (сиэлинэн, эбэтэр отунан). Бу — кыһыҥҥы ыарахан тыыны үүрүү.
2. Сарсыарданы көрсүү — ыам ыйын 22 күнэ
Бу күн сарсыарда эрдэ туран, күнү кытта тэҥҥэ уһуктар ордук.
• Күнү көрсүү: таһырдьа тахсан күн диэки көрөн, илиигин уунан «доруобуйата, дьолло, үтүө сайыны аҕал» диэн ис-искиттэн көрдөһүөхтээххин.
• Айыыларга махтал: сүрэххэр баар саамай сырдык санааларгытын Айыыларга тиэрдиҥ.
3. Уот иччитин айах тутуу
Нукуолун саамай сүрүн сиэрэ-туома — алаадьы буһарыы.
• Бастакы буспут алаадьыларынан уот иччитин айах туталлар.
• Уокка ас биэрэр кэмҥэ, ис санааттан, үтүөнү баҕаран алҕаныахтааххын.
4. Бырааһынньык остуола
Ньукуолун остуола үрүҥ аһынан уонна үгэс буолбут астарынан толору буолуохтаах.
• Саламаат: Бу — төрүт ас. Саламаат Сир ийэҕэ ытыктабылы көрдөрөр, киһиэхэ күүс-уох биэрэр.
• Кус миинэ: Былыр-былыргыттан Ньукуолуҥҥа кус сиир үгэс баар (билигин айылҕаны харыстаан, сорох дьон атын да аһынан солбуйаллар, ол эрээри кус миинэ — Ньукуолун бэлиэтэ).
• Үрүҥ ас: Быырпах, кымыс, суорат, күөрчэх.
5. Чөл туруктаах ис турук
Бу күн кыыһырар, этиһэр, куһаҕаны саныыр букатын табыллыбат.
• Ньукуолуҥҥа киһи хайдах туруктаах да — бүтүн сайына итинник aahap.
• Дьоҥҥо кэһии оҥоруу, ыалдьыттааһын, үөрүү-көтүү эрэ баар буолуохтаах.
6. Айылҕалыын ситим
Өскөтүн кыах баар буоллаҕына, алааска, айылҕаҕа тахсыҥ.
• Сиргэ тирэхтээхтик туруҥ, саҥа тахсыбыт күөх оту илиигитинэн имэрийиҥ.
• Сир иччититтэн Аан Алахчын Хотунтан доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэ эйэни көрдөһүҥ. Ньукуолун күнүттэн саҕалаан, олоххут сырдык сарыалынан туоларын ойуулаан көрөн, өйгүтүгэр, эккитигэр-сииҥҥитигэр иҥэриниҥ.
Туох баар хомолтону, өһү-сааһы ааспыты кытта хаалларан, сайыны үөрэ-көтө көрсүҥ! Дьоллоох-соргулаах буолуҥ! Аартыккыт өссө да кэҥээн, өркөн өйдөнөн, киэҥ көҕүстээх, сиэрдээх киһи киһитэ буоларга дьулуһуҥ!

22.05.2026