Холгумаҕа "Герой паартата" турда
Оҕолору патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, дойдуну таптыырга, биир дойдулаах үлэ, сэрии геройдарынан киэҥ туттарга туһуланар «Герой паартата» диэн бырайыак дойду үрдүнэн бары оскуолаларга далааһыннаахтык ыытыллар. Бу күннэргэ Е.П.Шестаков- Эрчимэн аатынан Холгума оскуолатыгар Суворов аатынан орден, Орден мужества наҕараадалардаах анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт, сырдык тыынын толук уурбут Данилов Александр Васильевич уонна Холгуматтан төрүттээх анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, сырдык тыынын толук уурбут «Анал байыаннай дьайыы кыттыылаҕа» мэдээллээх Неустроев Георгий Семенович сырдык ааттарыгар «Герой паартата» ананна.
Бу күн учууталлар, анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт уолаттарбыт аймахтара кэлэн кытыннылар ,Александр Васильевич, Георгий Семенович туһунан ахтан-санаан аастылар, кинилэр олохторун, оҕо саастарын, хорсун быһыыларын туһунан үөрэнээччилэргэ кэпсээтилэр.
«Геройдар паарталарыгар» инникитин бастыҥ үөрэхтээх, холобур буолар быһыылаах үөрэнээччилэр олорор чиэскэ тиксиэхтэрэ.

25.05.2026