Ыһыах
Алгыс ылыныы, ыраастаныы
Саха киһитигэр ыһыах Саҥа дьылга тэҥнээх, ол иһин бу күн биһиги ааспыт сылы махтанан атаарыахтаахпыт уонна үүнэр сылга үтүө санаалаах үктэниэхтээхпит.
Бэс ыйыгар уубут сылыйар, күммүт чаҕылыйар, онон биһиги кыһыҥҥы кирбитин-хохпутун аргыый аҕай суунан-тараанан, чэпчээн, ыһыахха анаан саҥа таҥас тиктэн бэлэмнэниэхтээхпит. Ити курдук биһиги от үлэтигэр киирэ иликпитинэ, сир аһа ситэ илигинэ сирбитин-уоппутун алгыстаан арчылыыбыт
Күнү көрсүү сиэрэ-туома
Ыһыах хайаатар да күнү көрсүү сиэриттэн саҕаланыахтаах, тоҕо диэтэр күн тахсыыта – дьону түмэр кэм. Дьон бу кэмҥэ санаалара саймаархай, аламаҕай буолар, онон мустарга-түмсэргэ, сомоҕолоһорго сөптөөх түгэн тосхойор.
Хайа баҕарар саха киһитэ айылҕаҕа, сиргэ-уокка чугас буолан, илиитин үөһээ халлааҥҥа уунан, күнү “таҕыс” диэн көрдөстөҕүнэ ис дууһатыттан ыраас санааны саҕан күн алгыһын иҥэриниэн сөп. Күн тахсыыта биһиэхэ сүдү улахан суолталаах. Бу кэмҥэ ис искиттэн сырдаан, ийэ сиргэ икки атаххар тирэхтээхтик үктэнэн, отуоргун отуоругар түһэрэн, кими да истибэккэ иһийэн туран күн сардаҥаларын киллэриниэхтээххин. Күн уотугар сылыйбыт ытыстарбытын түөспүтүгэр эбэтэр ханна ыалдьар сирдээхпитинэн уурунан сылааһы иҥэринэбит.
Ыһыахха алгысчыттар Дьөһөгөй айыыттан дьол-соргу тосхойоругар, дьон чөл туруктаах сылдьарыгар көрдөһөллөр-ааттаһаллар диэн Чугдаара Хотун үллэстэр: “Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит окко киириэхтэригэр диэри үчүгэйдик сынньанар уонна элбэхтэ түмсэн инникилэрин торумнаһар эбиттэр. Ыһыах кинилэргэ кыһыҥҥы хаайтарбыт санааларын үллэстэр, харысхал оҥостор итэҕэллээх күннэрэ буолара, онон ыһыах сүдү күүстээх күн дии саныыбын. Ыһыах күн биһиги кыыһырбакка, кыйахаммакка, улаханнык саҥарбакка, сырдыгы сыдьаайа, үөрэ-көтө сылдьыахтаахпыт”.
Сахалыы таҥас-сап уонна дэйбиир
“Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы Саҥа таҥас таҥнаары, дьахтар кэтэһэр ыһыаҕы Саҥа ытарҕа кэтээри…” диэн хоһооҥҥо этиллэринии, саха дьоно ыһыахха киэргэнэн, симэнэн кэлэрэ олус хайҕаллаах. Эр да дьон, дьахталлар даҕаны сахалыы таҥаһы төһө кыалларынан таҥна сатыахтаахпыт уонна үөртэн-көйүүртэн, куһаҕан тыынтан харыстанарга дэйбиирбитин тута сылдьыахтаахпыт.
Дьиэни ыраастаныы сиэрэ-туома
Ыһыах күнүн иннинэ аныгы дьон оһохпутун айах тутан, оттуллар маспытын дьаарыстаан, толору кутуллубут кымыстаах чорооннорбутун ууран, кытыйаҕа саламаат кутан, бэйэбит үгэспитинэн астыыр аспытын дэлэччи астаан мааны сандалыбытын бэлэмниэхтээхпит. Алаадьы астаан дьиэҕэ сыт таһаарар ордук – маннык гынан биһиги тулабытын алгыстыыбыт, арчылыыбыт.
Хас биирдии тэлгэһэҕэ, ыһыахтыыр сиргэ бу күн, биллэн турар, түптэ умайар. Буруо сыта унааран куһаҕаны кыйдыыр, үтэйэр диэн итэҕэйиэхтээхпит. Маннык сыт-сымар таһааран саха киһитин сүргэтэ көтөҕүллэр, кута бөҕүргүүр.
Ыһыах күн киһи тото-хана аһыахтаах, үтэһэлээх эттэн, быырпахтан, кымыстан амсайыахтаах. Саха төрүт аһа – өрөһөлүү ууруллубут үтэһэлээх эт, уохтаах кымыс, сылгы эбэтэр биэ иһэ – түһүлгэҕэ хоточчу ууруллуохтаах.
Бу курдук Үрүҥ тунах ыһыахха бэлэмнэнэн, саха “Саҥа дьылын” үөрэ-көтө, сүргэбитин көтөҕөн көрсүөхтээхпит.

19.06.2026