Анемподист Иванович Софронов- Алампа олоҕо, айар үлэтэ

Анемподист Иванович Софронов — саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, бэйээт, публицист, эрэдээктэр. Кини төрөөбүтэ 1886 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Боотуруускай улууһугар (билиҥҥитэ Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Ийэтэ эрдэ олохтон туораан, тулаайах улааппыта.  
Оҕо эрдэҕиттэн үөрэҕи ылынымтыа, дьоҕурдаах этэ. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбитэ. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха интэлигиэнсийэтин биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, барытыгар инники кирбиигэ, саҕалааччы быһыытынан сылдьара диэтэхпитинэ сыыспаппыта. Ол курдук, бастакы үлэтин 1907 сыллаахха «Якутский край» хаһыат типографиятыгар наборщигынан саҕалаабыта. Манна кини бастакы наборщик этэ.  
Мантан салгыы 1912–1913 сылларга «Саха саҥата» диэн бастакы сурунаалга үлэлээбитэ. Алампа саха тыйаатырыгар бастакы салайааччы этэ. Кини айымньылара «Дьадаҥы Дьаакып», «Манчаары», «Бүдүрүйбүт көммөт», «Олох дьэбэрэтэ», «Таптал» о.д.а. күн бүҥҥүэҕэ диэри ааҕыллаллар, ити айымньыларга ханнык да кэмҥэ көрөөччү өрүү толору буолар. 1921 сыллаахха «Манчаары» диэн бастакы сахалыы судаарыстыбаннай хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.  
Саха норуотун духуобунай лиидэрдэрбититтэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа 1935 сыллаахха алтынньы 24 күнүгэр Дьокуускайга күн сириттэн күрэммитэ.
05.11.2026